Бөтүҥ нэһилиэгэр Саха Республикатын күнүн көрсө «Түөлбэ тускула» проект чэрчитинэн уус-уран самодеятельность көрүү-күрэһэ ыытылынна. Бу тэрээһини хаһыс да сылын С.П.Оконешников аатынан «Айылгы» КК уонна олохтоох модельнай библиотека тэрийэн ыыталлар.
Быйылгы көрүү-күрэс Российскай Федерацияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Республикатыгар Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спорда, Бөтүҥ нэһилиэгэр Дьиэ кэргэн сылларыгар ананна.
Күрэһи маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата — Иван Степанович Новиков, Афанасий Шестаков аатынан Улуустааҕы Норуот айымньытын киинин специалиһа, Саха Республикатын культуратын туйгуна, дьүүллүүр сүбэ председателэ, Нюргуяна Николаевна Сивцева — Николай Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия музыка учуутала, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Михаил Алексеевич Макаров – 2015-2022 сылларга «Айылгы» культурнай киин директора, туруорааччы-хореограф.
Бу дьоро күн түөлбэ олохтоохторо сомоҕолоһон, бииргэ түмсэн көрөөччүлэргэ ылбаҕай ырыа, алыптаах үҥкүү, көр-күлүү айар киэһэтин бэлэхтээтилэр.
Көрүү-күрэс түмүгүнэн анал ааттары ыллылар – “Саҥа аат” – «Чараҥ» түөлбэттэн Сардаана Максимова, “Бастыҥ ыытааччы” – “Сэргэлээх” түөлбэттэн Айдын Иванов, “Бастыҥ литературнай композиция” — “Кэскил” түөлбэ (туруорааччы Татьяна Протопопова), “Бастыҥ көр-күлүү нүөмэрэ” — “Чараҥ” түөлбэ, “Бастыҥ оҕо ырыа бөлөҕө” — “Сэргэлээх” түөлбэ уолаттарын коллектива, “Бастыҥ үҥкүү” – Сардаана Максимова “Илбис үҥкүүтэ”, “Бастыҥ ырыа” — “Кэскил” түөлбэ ыччатын толоруутугар “Ыллаа, гитарам”.
Уопсай түмүккэ 3 миэстэни “Сэргэлээх” түөлбэ (сал.Лукина А.Я.), 2 миэстэни “Кэскил” (сал.Эверстова Э.Е.) уонна кыайыылаах “Чараҥ” түөлбэ (сал.Васильева А.Н.) ыллылар.
Түөлбэ салайааччыларыгар уонна көхтөөх олохтоохторугар тэрийээччилэр ааттарыттан махтанан туран инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр талааҥҥыт арыллан, сайдан истин диэн истиҥ баҕа санаабытын этэбит.