С.П.Оконешников аатынан “Айылгы” культурнай киин иһинэн көр-күлүү бөлөҕө (сал.Мариянна Данилова) Аан дойдутааҕы театр уонна көр-күлүү күнүн ситиһиилээхтик бэлиэтээтэ.
Ол курдук кулун тутар 31 тутар Майа сэлиэнньэтигэр Аркадий Новиков “Көөчөөн көрө” театра ыыппыт “Сааскы сирэйдэр” 16-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү фестивалыгар финалга киирэн “Көрүдьүөһү күөдьүтээччи” анал аат хаһаайыттарынан буоллулар.
Муус устар 1 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр улуус нэһилиэктэрин миниатюра театрдарын “Көр-күлүү – өр күлүү” конкурсугар кыттан Филипп Соловьев аатынан “Сэлипчээн бирииһэ” анал бириис туттулар.
Бу курдук көр-күлүү уустук жанрыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьар нэһилиэкпит олохтоохторун өссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Айар талааҥҥыт, дьону үөрдэр-көтүтэр дьоҕургут күн-түүн сайда турдун диэн ис сүрэхтэн баҕарабыт.