Олунньу 27 күнүгэр Нам сэлиэнньэтин М.К.Аммосов аатынан Культура Дыбарыаһыгар улуустааҕы «Миссис Эҥсиэли» күрэс ыытылынна. Бу күрэскэ Бөтүҥ нэһилиэгин Аина Васильева чиэстээхтик көмүскээтэ. Аина Николаевна тапталлаах кэргэн, икки оҕо иһирэх ийэтэ, Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола делопроизводителэ, педагог-библиотекара, “Чараҥ” түөлбэ салайааччыта, ыччат уонна дьахтар сэбиэтин көхтөөх чилиэнэ буолар.
“Миссис Эҥсиэли” күрэс уопсайа 7 түһүмэҕинэн ыытылынна. Ол курдук, бэйэни билиһиннэрии, дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥастаах дефиле, “Оҕо иитиитигэр ийэ оруола” эссе, сөбүлүүр бүлүүдэни астаан видеоролик оҥоруу, талааны көрдөрүү, талбыт тиэмэҕэ авангард уонна киэһээҥҥи былааччыйалаах дефиле.
Күрэскэ Намтан, Үөдэйтэн, 1-кы Хомустаахтан, 2-с Хомустаахтан, Партизантан уонна Бөтүҥ нэһилиэктэриттэн уопсайа 9 ийэ кытынна. Хас биирдии кыттааччы күүскэ бэлэмнэммитэ көһүннэ, түһүмэх аайы сонун, сэргэх тахсыыларынан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Киэһэни саха эстрадатын ырыаһыттара Николай Никифоров, Понсаш, Фиеста уонна Ким Осипов ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.
Күрэс түмүгүнэн кыттааччыларга барыларыгар анал ааттары туттардылар. Бөтүҥ нэһилиэгин көмүскээбит Аина Васильева “Миссис Очарование” үрдүк ааты ылла, “Миссис Эҥсиэли-2024” хаһаайкатынан Үөдэй нэһилиэгиттэн Агния Яковлева буолла.
С.П.Оконешников аатынан «Айылгы» культурнай киин аатыттан Аина Николаевнаны улуустааҕы «Миссис Эҥсиэли» күрэскэ ситиһиилээхтик кыттыбытынан эҕэрдэлиибит уонна бу күрэскэ кыттарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьиэ кэргэнигэр, олохтоох дьаһалтаҕа, оскуола коллективыгар, “Чараҥ” түөлбэ олохтоохторугар, ыччат, дьахтар сэбиэтин көхтөөх чилиэттэригэр, нэһилиэкпит олохтоохторугар өйөбүл-тирэх, күүс-көмө буолбуккутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Бу курдук дьиэ кэргэн институтун уонна ийэ оруолун үрдэтэр улуустааҕы күрэх үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.