Кулун тутар 12 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр М.К.Аммосов аатынан Культура Дыбарыаһыгар Российскай Федерацияҕа Педагог уонна Наставник, Саха Республикатыгар Үлэ, Нам улууһугар Сомоҕолоһуу сылларыгар анаммыт нэһилиэктэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельность маҥнайгы түһүмэҕэ – хореография уонна вокал ыытылынна.
Фестивальга нэһилиэкпит уус-уран самодеятельноһын көхтөөх кыттааччылара ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук бэйэбит бөлөхпүтүгэр — орто нэһилиэктэр икки ардыларыгар эр дьон вокальнай коллектива (сал.Ирина Винокурова) “Туманнаах Туймаадам” ырыаны ыллаан кыайыылаах, ыччат үҥкүү коллектива “Эҕэрдэ үҥкүүтэ” 2 степеннээх лауреат (сал.Мариянна Данилова, туруорааччы Павел Винокуров), Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрин үҥкүү коллектива 3 степеннээх лауреат (сал.Вера Иванова, туруорааччы Павел Винокуров) аатын ыллылар. Виктор Дьяконов “Мин алааспар кэллим” ырыаны толорон дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылла.
Салгыы фестиваль иккис түһүмэҕэ – театральнай туруоруулар кулун тутар 27 күнүгэр, фольклор муус устар 6 күнүгэр уонна кыайыылаахтары биллэрии, гала-кэнсиэр муус устар 12 күнүгэр ыытыллара былааннанар.
Бары кыттыбыт оҕолорбутугар, дьоммутугар махтанан тураммыт өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!