Кулун тутар 7 күнүгэр С.П.Оконешников аатынан «Айылгы» КК уонна нэһилиэк дьахтар сэбиэтин тэрийиилэринэн күннээҕэр күндү бэйэлээх, саарба курдук талыы-талба эдэркээн ийэлэр икки ардыларыгар “Иһирэх ийэ” күрэх буолан ааста. Бу күрэх Аан Дойду Дьахталларын күнүн көрсө «Түөлбэ тускула» проект чэрчитинэн ыытылынна. Күрэх сүрүн сыалынан дьиэ кэргэҥҥэ, обществоҕа ийэ оруолун үрдэтии, эдэр ийэ сатабылын, дьоҕурун киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, нэһилиэк общественнай олоҕор көҕүлээһин буолар.
Күрэҕи “Бөтүҥ нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга Михаил Васильевич Макаров, нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин председателэ Матрена Николаевна Рожина, Бөтүҥ нэһилиэгин, спортинструктора, ыччат политикатыгар специалиһа Семен Федотович Стручков састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Күрэх уопсайа биэс түһүмэҕинэн барда. Ол курдук «Ыал ийэтинэн» бэйэни билиһиннэрии, олох араас түгэннэриттэн боппуруостарга эппиэттээһин, «Айар эйгэ аартыгынан» талааны, сатабылы көрдөрүү, «Мин мааны сандалым» фирменнай бүлүүдэни астаан кэлэн көмүскээһин уонна киэһээҥҥи былааччыйалаах дефиле.
Күрэх түмүгүнэн «Сайдам ийэ» анал ааты “Бөтүҥ” түөлбэттэн Аина Филиппова, «Кэрэ ийэ» “Бөтүҥ” түөлбэттэн Элина Эверстова, «Талба ийэ» “Сэргэлээх” түөлбэттэн Анастасия Лукина уонна кыайыылаах «Иһирэх ийэ» үрдүк аатын “Чараҥ” түөлбэттэн Аина Васильева ыллылар. Сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Тэрээһини Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, ырыа куттаах күүстээх аҥардар киэргэттилэр. Иннокентий Захаров салайааччылаах аҕа түмсүүтэ хас биирдии кэрэ аҥарга сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунан үөртүлэр.
Бу курдук саха норуотун кэнэҕэски кэскилин кэрэһэлиир, ыал буолан барҕарар, оҕо төрөтөн иитэр-үөрэтэр аналлаах эдэр ийэлэр үтүө түһүлгэлэрэ төрүттэннэ.