Олунньу 17 күнүгэр Российскай Федерацияҕа Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха Республикатыгар Үлэ, Нам улууһугар Сомоҕолоһуу, Бөтүҥмүт нэһилиэгэр Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларыгар анаммыт Семен Петрович Оконешников аатынан “Айылгы” культурнай киин уонна олохтоох модельнай библиотека тэрийэр «Түөлбэ тускула» проект чэрчитинэн уус-уран самодеятельность көрүү-күрэҕэ ыытылынна. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан норуот уус-уран самодеятельноһын сайыннарыы, нэһилиэк олохтоохторун көхтөөх олоххо көҕүлээһин, дойдуга, олорор түөлбэҕэ тапталы иҥэрии буолар.
Күрэҕи — Саргылана Даниловна Пономарева – Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин “Чороон” норуот айымньытын киинин директора, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Мария Спартаковна Попова — “Ньургуһун” хоровой-үҥкүү народнай ансамбылын балетмейстера, Саха Республикатын культуратын туйгуна уонна Роман Александрович Герасимов – Афанасий Федорович Шестаков аатынан Норуот айымньытын дьиэтин режиссера састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Бу күн түөлбэ олохтоохторо көрөөччүлэргэ ылбаҕай ырыа, абылаҥнаах үҥкүү, үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларын драматическай туруоруу, хомуска дьүһүйүү, иэйиилээхтик хоһоон ааҕыытын бэлэх ууннулар.
Көрүү-күрэх түмүгүнэн «Саҥа аат» анал ааты – Герман Попов (“Сэргэлээх” түөлбэ), «Бастыҥ ыытааччы» — Сергей Румянцев («Бөтүҥ» түөлбэ), «Бастыҥ ырыа» — «Чараҥ» түөлбэ “Саас буолаҕа” хора, «Бастыҥ үҥкүү» — Анастасия Лукина уонна Артем Михайлов толорууларыгар «Сайыны уруйдуу» (“Сэргэлээх” түөлбэ), «Бастыҥ драматическай туруоруу» — «Чараҥ» түөлбэ туруоруутугар «Нуоралдьыма чараҥар» , «Бастыҥ дьахтар оруола» — Александра Соловьева («Чараҥ» түөлбэ), «Бастыҥ эр киһи оруола» — Айылҕан Сивцев (“Сэргэлээх” түөлбэ) ыллылар.
Уопсай түмүккэ 1 миэстэни — «Чараҥ» түөлбэ (сал.Васильева А.Н.), 2 миэстэни “Сэргэлээх” түөлбэ (сал.Лукина А.Я.) уонна 3 миэстэни «Бөтүҥ» түөлбэ (сал.Румянцева Н.М.) ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Бу курдук нэһилиэк олохтоохторун түмэр, саҥа ааттары арыйар тэрээһин сылын ахсын ыытыллыаҕа.