Муус устар ый 7 күнүгэр С.П. Оконешников аатынан “Айылгы” КК куту-сүрү бөҕөргөтөр , ырыа-тойук аргыстаах, сэһэн сэппэл кэһиилээх “Күн Күөгэлдьин” айар бөлөх кэлэн ыалдьыттаата. Киэһэни «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ хас да төгүллээх лауреаттара, номинаннара «FG RECORDS» айар холбоһук уоланнара – Николай Новгородов – Сиэрдээх Сэһэн, Гаврил Портнягин уонна Станислав Луковцев киэргэттилэр. Кэнсиэр кэннэ уоттаах-күөстээх үҥкүү-битии киэһэтэ тэрилиннэ.
Бу күн Намҥа уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттааччыта Виктор Дьяконов Россия культуратын туйгуна , самодеятельнай композитор, саха мелодистарын ассоциациятын чилиэнэ, хомусчут-импровизатор, художник, үрдүк категориялаах иитээччи, үөрэтээччи Гаврил Гаврильевич Слепцов-Дьиэрэҥкэй төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах “Төрөөбүт алааскын эн таптаа” аһаҕас республиканскай күрэххэ кыттан “Эрчимнээх куолас” анал аатынан наҕараадаланна.
Муус устар 12 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр М.К.Аммосов аатынан Культура Дыбарыаһыгар Российскай Федерацияҕа Педагог уонна Наставник, Саха Республикатыгар Үлэ, Нам улууһугар Сомоҕолоһуу сылларыгар анаммыт нэһилиэктэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельность фестивальын гала-кэнсиэрэ уонна наҕараадалааһын үөрүүлээх чааһа ыытылынна. Фестиваль түмүгүнэн 2 бөлөххө нэһилиэк уус-уран самодеятельноһа ырыаны биирдиилээн толорууга Виктор Дьяконов 1-кы степеннээх диплом, эр дьон вокальнай коллектива кыайыылаах (сал.Винокурова И.С.), оҕолор үҥкүү коллективтара 3-с степеннээх лауреат (сал.Иванова В.С., туруорааччы Винокуров П.А.), театральнай коллектив (сал.Данилова М.М., Уваровская М.Д., Сивцева М.В., Румянцева Н.М.) 2-с степеннээх лауреат, фольклорнай композиция (сал.Винокурова И.С., Данилова М.М.) 3-с степеннээх лауреат аатын ыланнар уопсай түмүккэ бочуоттаах 3-с миэстэ буоллубут. Ону тэҥэ маннык анал номинациялар туттарылыннылар – эр дьон вокальнай коллектива «Бастыҥ ансаамбыл», Татьяна Саввинова оһуохайа “Дьэгэлдьитэр оһуохай”, Ирина Винокурова С.Васильев — Борогонскай «Күн Эрили» олоҥхотун толорон “Үтүө саҕалааһын”, театральнай коллектив “Төлкө” романтан быһа тардан туруоруута “Саха классикатын бастыҥ туруоруу”. Уопсай түмүккэ Партизан нэһилиэгэ кыайыылаах, 2-с миэстэни Көбөкөн нэһилиэгэ ылла.
Фестивальга кыттыыны ылбыт уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттааччыларбытыгар махтанан тураммыт өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!