Тохсунньу 10 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгэр аҕам саастаах дьоммутугар анаан ✨Айылгы культуура киинигэр саҥа дьыллааҕы бырааһынньык буолла. Тэрээһин Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Галина Прокопьевна Маркова эҕэрдэтинэн саҕаланна.
Үүммүт саҥа дьылынан Тымныы Моруос оҕонньор Хаарчааналыын ытык мааны дьоммутугар эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Киэһээни оскуола оҕолоро эҕэрдэ үҥкүүлэринэн, Сивцева Наилина, Стручкова Калиса, Михаил Макаров ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Бу күн үҥкүү-битии көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар.
Аҕам саастаах дьоммут итии чэйдээх сандалы тула олорон ирэ хоро кэпсэтэн ыллаан туойан, үҥкүүлээн оонньоон, бу күн уопсай хаартыскаҕа түспүттэрин кулууп үлэһиттэрэ таһааран бэчээттээн биэрбиттэрин ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.