Бөтүҥ нэһилиэгэр Ийэ декадатын чэрчитинэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ол курдук, алтынньы 13 күнүгэр, Семен Петрович Оконешников аатынан “Айылгы” культурнай киин айар сезонун арыйар – Саха Республикатыгар Ийэ, Российскай Федерацияҕа Аҕа күнүнэн ылбаҕай ырыа кэһиилээх СР норуодунай артыыһа Александр Бурнашев, СР үтүөлээх артыыската Сахая уонна эстрада чаҕылхай ырыаһыта, «Үрдэл» национальнай музыкальнай бириэмийэ икки төгүллээх кыайыылааҕа Кирилл Матвеев кэлэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэри бэлэхтээн бардылар.
Нэдиэлэ устата олохтоох модельнай библиотека (сал.Колесова В.С.) уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ (сал.Соловьева А.А.) тэрийиилэринэн улуус ийэлэригэр “Истиҥ бэлэх” оҕуруонан киэргэл оҥорууга, нэһилиэк балаҕанын хаһаайката Ушницкая Л.Д. салалтатынан туойунан оҥорууга маастар-кылаастар ыытылыннылар. Туойунан оҥорууга маастар-кылааһы И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын үлэһитэ Винокурова П.Д. кэлэн ыытта. Кэрэ аҥардар, оҕолор олус сэргээн сырыттылар.
Биир сүрүн, сэргэх тэрээһининэн доруобуйаларынан хааччахтаах ийэлэргэ «Ис сүрэхтэн» тэрээһин буолла. Манна улуус нэһилиэктэриттэн ийэлэр кэлэн ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһан, оонньоон-көрүлээн, сэргэхсийэн тарҕастылар. Тэрээһини культурнай киин үлэһиттэрэ уонна библиотека сэбиэдиссэйэ Колесова В.С. иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Декада устата дьахтар сэбиэтин көҕүлээһининэн «Үтүө санаа» акция ыытылла турар. Манна хомуллубут ас-таҥас, туттар мал-сал уо.д.а. элбэх оҕолоох ийэлэргэ түҥэтиллиэ.
Бу курдук киһи-аймах олоҕун умсулҕаннаах добун туонатыгар эрэли, инникини түстээччи, көччөх гынан көтүтээччи — күн-күбэй ийэлэргэ аналлаах декада Бөтүҥ нэһилиэгэр сэргэхтик түмүктэннэ.