Таллан Бүрэ үбүлүөйдээх сылын түмүктээн
Саха биллиилээх бэйиэтэ, талааннаах тылбаасчыта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ үбүлүөйдээх 115 сылын түмүктүүр тэрээһин олунньу 7 күнүгэр Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр буолан ааста. Тэрээһин бастакы чааһа – үс түһүмэхтээх уус-уран дьүһүйүү. Сыанаҕа бастаан кинигэни сэҥээрбэт мэник оҕо киирэр. Кини Таллан Бүрэ айымньыларын…