Ахсынньы 30 күнүгэр С.П. Оконешников аатынан «Айылгы» культуура киинигэр саҥа 2025 сылы көрсөр үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһини Бөтүҥ нэһилиэгин аҕа баһылыга Михаил Васильевич Макаров бэйэтин истиҥ эҕэрдэтинэн арыйда.
Бу киэһээ тэрилтэлэр икки ардыларыгар «Точь в точь» күрэх ыытылынна, күрэх кыттааччылара саха эстрадаларын чаҕылхай сулустарын үтүктэр көрдөрдүлэр.
Түмүккэ дьүүлүүр сүбэ быһаарыытынан үһүс мэстэ Олимпия — Элина Эверстова (ветпункт), иккис миэстэ Лэгэнтэй — Сэмэн Стручков (дьаһалта), муҥутуур кыайыылааҕынан буолла Николай Донской — Герман Попов (детсад).
Салҕыы нэһилиэк олохтоохторун үгэс быһыытынан Тымныы Оҕонньор сиэнинээн Хаарчааналыын эҕэрдэлээтилэр уонна «Саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуура», «Хаар уонна муус оҥоһук» күрэхтэрин кыайыылаахтарын бириистэрин туттардылар.
Бу киэһээни саҥа дьыллааҕы бииртэн биир үчүгэй маскарадтар тупсаран-киэргэтэн биэрдилэр. Маскарад күрэҕэр бастакы миэстэ Кугдаановтар дьиэ кэргэн, иккис миэстэ Лукина Ньургуяна, үһүс миэстэ Лобанова Агафия, дьон биһирэбилин Дьяконовтар дьиэ кэргэттэрэ буолан ааттанан Тымныы Оҕонньортон бэлэх туттулар, ылбаҕай ырыалардаах, үҥкүүлэрдээх, оонньуулардаах көр-нар киэһээтэ буолла.