✨Сэтинньи 26 күнүгэр С.П. Оконешников аатынан культура киинигэр, ССРС культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхоһут, алгысчыт, норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, Нам улууһун, Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин ытык киһитэ Дмитрий Иванович Кривошапкин 2025 сылга төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах «Туой-ыллаа хомуһум» Үрүҥ көмүс Ытык бэлиэни Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» ФДь, «Дьүрүл» н/а дьон — сэргэ дьүүлүгэр таһаарыы Бөтүҥ нэһилиэгэр кэлэн ааста!😍👏🏻
Дьону-сэргэни көрсөн сандалы остуол тардан алаадьылаах, кымыстаах көрүстүбүт!😍
Нэһилиэкпит аҕа баһылыгын солбуйааччыта Галина Прокопьевна Маркова бэйэтин эҕэрдэ тылын эттэ, махтал сурук туттарда.🤩
Нэһилиэкпит хомуһу сэҥээрээччилэр кэлэн тэҥҥэ оонньоһон, ыллаһан астына дуоһуйа тарҕастылар!😍🙌🏻