Тохсунньу 19 күнүгэр С.П.Оконешников аатынан «Айылгы» КК Российскай Федерацияҕа Культурнай нэһилиэстибэ, Саха Республикатыгар Ийэ, Саха Автономията тэриллибитэ 100, Нам улууһугар уһулуччулаах политическай деятель М.К.Аммосов төрөөбүтэ 125, Бөтүҥ нэһилиэгэр Культура уонна Спорт сылларын үөрүүлээхтик түмүктүүр, Российскай Федерацияҕа Педагог уонна Наставник, Саха Республикатыгар Үлэ, Нам улууһугар Сомоҕолоһуу, Бөтүҥ нэһилиэгэр Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларын үөрүүлээхтик арыйар тэрээһин ыытылынна.
Ааспыт сылга нэһилиэкпитигэр араас хабааннаах үлэлэр ыытылыннылар.
Ол курдук, сыл саамай улахан тутууларынан – дьону хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрөн үгүс ыал көмүс ньээкэ уйаларын тутуннулар, Николай Кириллин аатынан уулуссаҕа саҥа 4 квартиралаах 2 дьиэ дьэндэйдэ. Нэһилиэкпитигэр Культура уонна Спорт Сыла үгүс үөрүүлээх түгэннэри тосхойдо. Ол курдук бэс ыйыгар Бүлүү, Амма, Нам Бөтүҥнэрэ буоламмыт Үс Бөрө Бөтүҥнэр Ыһыахтарын үрдүк таһымҥа ыыттыбыт, киэн туттар биир дойдулаахпыт, Российскай Федерация норуодунай артыыһа Семен Петрович Оконешников олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах “Саха Сирин көмүс куолаһа” кинигэ бэчээттэнэн таҕыста, кини аатын сүгэр “Айылгы” культурнай кииҥҥэ истиэндэ оҥоһулунна. Маны тэҥэ олохтоох модельнай библиотека 70 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэннэ, сэбиэдиссэй Валентина Колесова Тыа сирин культуратын бастыҥ үлэһиттэрин өйүүр государственнай конкурска кыайан грант ылары ситистэ.
Спорт сылыгар хотугу зона ветераннарын кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы спартакиадаларыгар биһиги нэһилиэкпит хамаандата икки төгүллээн чемпион, хоту уонна соҕуруу нэһилиэктэр спартакиадаларыгар эмиэ чемпион үрдүк аатын сүктүлэр. Кэнчээри ыччаттарбыт Варя Явловская, Костя Павлов көҥүл тустууга Российскай Федерация, Илин Уһук, Республиканскай күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытыннылар.
Сыл түмүгүнэн нэһилиэк баһылыга М.В.Макаров, көхтөөх олохтоохторго махтал суруктары, номинациялары туттарда.
«БАСТЫҤ БИЛИИ ЭЙГЭТИН ҮЛЭҺИТЭ» — МАТРЕНА МИХАЙЛОВНА ОСИПОВА.
Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала, Российскай Федерация Үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ. Үөрэтэр оҕолоро улуустааҕы, республиканскай олоҥхо, декоративнай-прикладной искусство күрэхтэрин кыайыылаахтара, призердара.
«БАСТЫҤ ОҔО УҺУЙААНЫН ҮЛЭҺИТЭ» — ЕКАТЕРИНА ВАСИЛЬЕВНА ОКОНЕШНИКОВА. “Сардаана” оҕо уһуйаанын иитээччи көмөлөһөөччүтэ, 20 сыл оҕо иитиитигэр үтүө суобастаахтык, эппиэтинэстээхтик, бэриниилээхтик үлэлээн кэллэ. Нэһилиэк, тэрилтэ общественнай олоҕун көхтөөх кыттааччыта.
«БАСТЫҤ КЫРА ТЭРИЛТЭ ҮЛЭҺИТЭ» — МАТРЕНА НИКОЛАЕВНА РОЖИНА. Почтовай отделение салайааччыта, нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин председателэ. Араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ, нэһилиэк сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрэ сылдьар тэрилтэ көхтөөх үлэһитэ.
«БАСТЫҤ КУЛЬТУРА ЭЙГЭТИН АКТИВИҺА» — АИНА НИКОЛАЕВНА ВАСИЛЬЕВА
Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола библиотекарьа, делопроизводителэ. “Чараҥ” түөлбэ салайааччыта. Ыччат үҥкүү коллективын, драмколлектив көхтөөх кыттааччыта.
«БАСТЫҤ СПОРТСМЕН» — ЮРИЙ ЕФРЕМОВИЧ ЭВЕРСТОВ
«Бөрө Бөтүҥнэр» спортивнай кулууп көхтөөх кыттааччыта. Республика хас да төгүллээх чемпиона, Илин Уһук призера, бүтүн Россиятааҕы дартс күрэхтэрин кыттыылааҕа, дартска Республика сүүмэрдэммит хамаандатын капитана.
«БАСТЫҤ БААҺЫНАЙ ХАҺААЙЫСТЫБА» — НАДЕЖДА ИВАНОВНА ПОПОВА салайар “Дайыына” бааһынай хаһаайыстыба. Надежда Ивановна — Российскай Федерация үтүөлээх фермера, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сыл түмүгүнэн кини салайар хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Александара Олесова “Бастыҥ ыанньыксыт”, Вячеслав Попов “Бастыҥ бостуук” ааттары ыллыллар.
«БАСТЫҤ ВЕТЕРАН» — РОМАН АЛЕКСЕЕВИЧ МАРКОВ
Үлэ ветерана, ветеран сэбиэтин көхтөөх чилиэнэ, Хоту зона Федерациятын председелэ. Быйыл кини салайсар пенсионердар сэбиэттэрэ Хоту зона ветераннарын кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы спартакиадаҕа чемпион, улууска чемпион үрдүк аатын сүктүлэр.
«БАСТЫҤ ИЙЭ» — МАРИЯ ВАЛЕРЬЕВНА СИВЦЕВА
Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола алын кылааһын учуутала, 2 оҕо иһирэх ийэтэ. Улахан уол Ярослав – 9-с кылаас , кыыһа Виктория 7-с кылаас үөрэнээччилэрэ, улуустааҕы, республиканскай декоративно-прикладной искусство, компьютернай графика күрэхтэрин, олимпиадалар, быыстапкалар, научнай-практическай конференциялар, кыайыылаахтара, призердара. Мария Валерьевна нэһилиэк общественнай олоҕун көхтөөх кыттааччыта.
«НЭҺИЛИЭК КЭСКИЛЭ» — КОСТЯ ПАВЛОВ
6-с кылаас үөрэнээччитэ, көҥүл тустууга үгүс улуустааҕы, республиканскай күрэхтэр кыайыылааҕа, призера, ССРС спордун маастара Юлдашев бирииһигэр Уһук Илиҥҥи аһаҕас күрэх чемпиона.
Сыл түмүгүнэн бастыҥ түөлбэ – “Чараҥ” ааттанна. Салайааччы – Аина Николаевна Васильева.
Үөрүүлээх чаас кэннэ нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыгар Саҥа Дьыллааҕы эҕэрдэ күрэҕэ буолла. Күрэҕи Граф Биэрэгин “Самородок” сынньалаҥ киинин директора уонна уус-уран слаайааччыта, СР культуратын туйгуннара Анна, Петр Охлопковтар, П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин балетмейстера Римма Татаринова сыаналаатылар. Күрэх түмүгүнэн – Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола 1 м, “Бөтүҥ нэһилиэгэ” МТ – 2 м, “Сардаана” оҕо уһуйаанын коллектива 3 м буоллулар.
Киэһэни нэһилиэк уус-уран самодеятльноһын кыттааччылара, Намтан “Ай-Ледис” үҥкүү коллектива (сал.Татаринова Р.А.), Граф Биэрэгиттэн Анна, Петр Охлопковтар киэргэттилэр.
Бу курдук сылы түмүктүүр, арыйар үтүө тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк олохтоохторун биир түһүлгэҕэ түмтэ.